“Арылы кустук” үөрэхтээһин уопсастыбаннай ситимэ тэриллибитэ 10 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ
Быйыл «Арылы кустук» үөрэхтээһин уопсастыбаннай ситимэ үлэлээбитэ 10 сылын туолла.
Ахсынньы 2 күнүгэр Олоҥхо дэкээдэтин былааныгар киирбит «Олоҥхо уран тылын — кыра саастаах оҕолорго» научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааста.
Сарсыарда 9 чаастан С.Н. Донской – II аатынан СӨ үөрэҕин сайыннарар уонна үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин үрдэтэр үнүстүтүүт сырдык, тупсаҕай уораҕайыгар «Арылы кустук» ситим уһуйааннарын педагогтара, НПК үлэтигэр кыттыан баҕалаахтар муһуннулар.
Барыта 136 иитээччи, ол иһигэр “Арылы кустук” ситимтэн 82 киһи, Дьокуускай куорат саха уһуйааннарыттан, Нам, Горнай улуустарыттан 54 кыттааччы үлэлээтилэр.
Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин сахалыы уһуйааннарын түмэн, төрөөбүт тылынан кырачааннары улаатыннарар, иитэр, сайыннарар соруктаах өрөспүүбүлүкэ 6 улууһуттан 25 оҕо саадын түмэр “Арылы кустук” ситим үлэтин бастакы кэрдиис кэмин көрүнэр дьоһун тэрээһинэ үрдүк таһымҥа барда.
Научнай салайааччыларбыт Чехордуна Е.П., Ефимова Д.Г., СӨ национальнай эпоһын харыстыырга үлэлиир “Олоҥхо ассоциацията” өрөспүүбүлүкэтээҕи общественнай тэрилтэ президенэ Шишигина Ф.В., вице-президенэ Протодьяконова Е.Н. инники торумнары ыйдылар.
Научнай-методическай уонна тас сибээскэ үлэҕэ Олоҥхо киинин үлэһиттэрэ З. Г. Сысолятина уонна У. М. Флегонтова «Арылы кустук» үлэтигэр үрдүк сыанабылы биэрэн туран, санааларын эттилэр, кэккэ сүбэлэри биэрдилэр. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ педагогическай үнүстүтүүтүн алын сүһүөх үөрэхтээһинин кафедратыттан Софронова А.Н. эҕэрдэ тыллары тиэртэ.
Бу сыллар устата ситимҥэ киирэн таһаарыылаахтык үлэлиир биир идэлээхтэрбит Ил Түмэн СӨ судаарыстыбаннай мунньаҕын, СӨ “Олоҥхо ассоциациятын”, наука аччыгый академиятын Бочуотунай Грамоталарын туттулар.
Уопсастыбаннай ситим сэбиэтэ олохтообут “Арылы кустук” ситим сирдьитэ” бэлиэнэн научнай салайааччыларбыт Екатерина Петровна, Диана Гаврильевна наҕараадаланнылар, биир идэлээхтэрбит түмсүү аатыттан Махтал сурук туттулар.
Бастыҥ үлэлээх иитээччилэр СӨ үөрэҕин сайыннарар уонна үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин үрдэтэр үнүстүтүүт үрдүк наҕараадаларынан бэлиэтэннилэр.
10 сыл устата баҕа өттүлэринэн түмсэн олоҥхо педагогикатын ньымаларын баһылыырга, олоҥхо иитэр-үөрэтэр күүһүн кырачааннары иитиигэ туһана сылдьар иитээччилэр Е.П. Чехордуна – Кэчиимэ тылларыгар, К.И. Христофоров мелодиятыгар айыллыбыт “Түһүлгэбит ыҥырар” диэн ситим өрөгөй ырыатын ыллаатылар.
НПК научнай чааһыгар Е.П. Чехордуна, Ф.В. Шишигина этиилэрин, ХИФУ Россия хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култууратын үнүстүтүүтүн “Фольклор уонна култуура” кафедратын доцена М. Т. Сатанар лиэксийэтин сонурҕаан иһиттилэр.
НПК үлэтин кэмигэр баай матырыйааллардаах быыстапка туруорулунна. Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара кыра оҕоҕо олоҥхону билиһиннэрэр сыаллаах, оҕо тылын, толкуйун, этин-сиинин сайыннарар суолталаах оонньуулары, оонньуурдары сэргии көрдүлэр. Көрө кэлбит дьон иитэччилэр айан оҥорбут пособиеларыттан, оонньуурдарыттан бэл атыылаһар баҕалаахтарын биллэрдилэр.
Ол курдук, “Олоҥхо уран тыла” салааҕа оҕоҕо олоҥхо тылын иһитиннэрэргэ, тылыгар тутта, суолтатын билэ улаатарыгар аналлаах оонньуурдар, оонньуулар, пособиелар турдулар.
Ордук киэҥ быыстапканан “Олоҥхо ытык өйдөбүллэрэ. Төрүт үгэс” буолла. Манна оҕоҕо саха төрүт үлэтин-хамнаһын, сиэри-туому, үгэстэри билиһиннэрэр оонньуурдар, оонньуулар, пособиелар көрдөрүлүннүлэр.
“СЭДИП олоҥхо педагогикатын технологиятыгар диагностика” салааҕа турбут оҕо олоҥхоттон төһөнү билэрин, уран тыла сайдыыытын, ыалга, уһуйааҥҥа, түөлбэҕэ сахалыы эйгэ тэриллиитин быһаарар — кээмэйдиир матырыйааллар, түмүктэр дьон интэриэһин тартылар.
Маны таһынан аныгы оҕоҕо умсугутуулаах “Информационнай технологиялар”, “Олоҥхо туһунан ойуулуктар” салааларга оҕоҕо информационнай технологиялар нөҥүө олоҥхону билиһиннэрэр бырайыактар, оҕолорго аналлаах, эбэтэр оҕолор оҥорбут ойуулуктара көрдөрүлүннүлэр. Иитээччилэр интерактивнай оонньуулары, робототехниканы туһаныыны сиһилии быһаардылар.
НПК үлэтин практическай чааһыгар маастар-кылаастарга түмсэн үлэ ньымаларын, мэтиэдикэни ырыттылар, үлэ уоппутун көрдүлэр.
“Сахалыы дорҕооннорго үлэ” хайысхалаах бөлөххө сүрүннээн оҕо үөскүөҕүттэн тылланыар диэри сааһын хабан, тыаһы истэ, саха тылын дорҕооннорун баһылыы, дорҕоон дьүөрэлэһиитин тутта, олоҥхо олуктарын үөрэ-дьүөрэ тылын саҥарда үөрэтиигэ маастар- кылаастары Федорова Л.Е. (Хатылы, Чурапчы), Реброва Ж.В. (Чөркөөх, Таатта), Жиркова И.И. (Боробул, Таатта), Чепалова А.В. (Хатас), Гуляева М.М., Мохначевская И.Е., Халыева Х.Г.(Ытык-Күөл, Таатта), Туманов В.В. (Харбалаах, Таатта) ыыттылар
“Олоҥхо уран тылыгар үлэ” хайысхаҕа сүрүннээн төрөөбүт тылынан саҥарар, саҥатын сайыннарар саастаах оҕолорго олоҥхо тылын суолтатын быһаара, уустаан-ураннаан саҥара, олоҥхо ис хоһоонун, төрүт үгэстэри, сиэри-туому кэпсииргэ үөрэтэр, олоҥхону толорууга уһуйар Старкова В.Н. (Хатас), Попова Д.В. (Кыйы, Таатта), Билюкина И.М., Аянитова Л.Н. (Ытык-Күөл, Таатта), Халыева С.П, Бястинова А.В., Никонова Н.И. (Харбалаах, Таатта), Колодезникова Н.Г., Баишева В.В.(Уус-Таатта, Таатта), Петрова П.Н., Павлова Л.С., Попова А.Ю. (Ытык-Күөл, Таатта) маастар – кылаастары ыыттылар.
“Арылы кустук” ситим уһуйааннарыгар киэҥ ис хоһоонноох, дириҥ суолталаах үлэ далаһыннаахтык бара турарын билсэн олоҥхо педлагогикатынан үлэлиир иитээччилэр түмсүүгэ киирэр баҕаларын биллэрдилэр.
Бу курдук сомоҕолоһон биир сүбэнэн кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара түмүк докумуону – рекомендациялары ылынан инники үлэҕэ тирэх оҥостор, үлэ көрүҥнэрин кэҥэтэр санаалаах тарҕастылар.
Олоҥхо Ассоциациятын Президенэ Ф. В. Шишигина, вице-президент Е. Н. Протодьяконова бары өттүнэн күүс-көмө, тирэх буолар ытыктыыр салайааччыларбыт үлэни сиһилии билсиһэн, тэрийсэн, бу үлэбит үрдүк таһымҥа барда. Инникитин үлэбит өссө дириҥиэх, саҥа таһымҥа тахсыах кэриҥнээх хайысхалар этиллибиттэрин астына иһиттибит.
“Олоҥхо уран тылын – кыра саастаах оҕолорго” кэмпириэнсийэ ситиһиилээхтик барыытыгар бары өттүнэн хааччыллыылаах, олус табыстаах усулуобуйаны олохтообут, биир күннээх үлэбитин салайсыбыт, тэрийбит үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин үрдэтэр үнүстүтүүт дириэктэрэ Павлов Н. М., үнүстүтүүт дириэктэри солбуйааччылара Михалева О.И., Дедюкина С.В., кафедралар үлэһиттэрэ Ядрихинская Ф.В., Лебедева Н.Н., Слепцова М.Н., Охлопков Г.И., МР исписэлииһэ Кралин И.А. кыһамньыларын ууран өйөбүл буолбуттарыгар дириҥ махталбытын этэбит.
Чехордуна Е.П., педагогика билимин хандьыдаата, “Арылы кустук” ситим научнай салайааччыта. Тихонова И.М., “Арылы кустук” ситим тьютора, Ытык-Күөллээҕи “Чуораанчык” уһуйаан педагог-психолога.