С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт, СӨ АТ “Олоҥхо тыйаатырын” научнай-методическай үлэҕэ уонна тас сибээскэ Олоҥхо Киинэ, Дьокуускай куораттааҕы “Айыы кыһата” национальнай гимназия тэрийиилэринэн, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, тыл билимин учуонайа, судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл, олоҥхоһут-суруйааччы П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах, киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэтин чулуу айымньытынан билиниллибит олоҥхоҕо, IV өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо олимпиадата куйаар ситиминэн ыытыллар.
- Олимпиада сыала:
Олоҥхо уус-уран тылынан санааны сааһылаан суруйар, сиһилии быһаарар, толкуйдуур, хоһуйар үөрүйэҕи иҥэрэр сүдү айымньы буоларын тириэрдии;
Соруктара:
- Олоҥхону ааҕарга көҕүлээһин;
- Олоҥхо–уран, барҕа баай тылыгар болҕомтолоох буолары ситиһии;
- Төрөөбүт тылга ытыктабылы, тапталы иҥэрии;
- Олоҥхо үтүө, сырдык санаатын, олоххо дьулуурун биллэрии;
- Ырытар, айар дьоҕуру сайыннарыы.
- Олимпиада кыттааччылара: 7-10 кылаас үөрэнээччилэрэ
3. Олимпиада сорудаҕын толорор кэм: 25.11-30.11.2023 с.
30.11 күн 21.00 ч. платформа сабыллар.
Олимпиада сорудахтарын сигэтэ Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт саайтыгар (https://iroipk-sakha.ru ) 25.11.2023с., тахсыаҕа. Сорудахтары ыйыллыбыт болдьоххо Google Forms сигэтинэн киирэн толоруллар.
89142907841(Ядрихинская Ф.В)
4. Түмүк тахсар күнэ: 05.12.2023с.
5. Олимпиада түһүмэхтэрэ.
Олимпиада 4 түһүмэҕинэн ыытыллар. Сорудахтара кылаас ахсын үөрэх бырагырааматынан ааҕыы, ырытыы уонна ааҕыы, сэһэргэһии хайысхаларынан киирбит олоҥхолорго тирэҕирэр.
Бастакы түһүмэх «Олоҥхо ис хоһооно». Олоҥхо ис хоһоонугар сыһыаннаах сорудах. Ыйытыкка толору хоруй ирдэнэр. Эппиэт ис хоһоонуттан көрөн, таба эппиэккэ түөрт баал бэриллэр. Муҥутуур баал: 60.
Иккис түһүмэх «Олоҥхо уран тыла». Бу сорудах олоҥхо ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларыгар сыһыаннаах, быһаарар, ситэрэр эппиэти ирдиир. Муҥутуур баал: 40.
Үһүс түһүмэх «Олоҥхо – үтүө санаа өрөгөйө». Бырагырааманан эбэтэр бэйэ аахпыт олоҥхотунан бэриллибит тиэмэҕэ уус-уран дьүһүйүү. 7-8 кылааска –50 тыл, 9-10 кылааска –80 тыл ирдэнэр. Дьүһүйүү 15 баалынан сыаналанар. Муҥутуур баал:15.
Төрдүс түһүмэх. «Олоҥхо тылын баайа». Биирдиилээн тылы, олоҥхо олуктарын быһаарыы. Биир тылы быһаарыыга икки баал, тыл олугун быһаарыыга үс баал бэриллэр. Муҥутуур баал: 35.
Түөрт түһүмэххэ барытыгар холбоон 150 баал бэриллэр.
6. Түмүк кылаастарынан тус-туһунан тахсар:
— 7 кылаас (1,2, 3 истиэпэннээх диплом, биһирэбил диплом);
— 8 кылаас (1,2, 3 истиэпэннээх диплом, биһирэбил диплом);
— 9 кылаас (1,2, 3 истиэпэннээх диплом, биһирэбил диплом);
— 10 кылаас (1,2, 3 истиэпэннээх диплом, биһирэбил диплом);
Хас биирдиикыттааччыга Туоһу сурук, Диплом электроннай аадырыстарга ыытыллар.
Аата, оскуолата суруллубутах үлэлэр бэрэбиэркэлэммэттэр.
Күндү үөрэнээччилэр, олоҥхоҕо анаммыт олимпиадаҕа көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт. Ситиһиилээх үлэни баҕарабыт!
Уопсай түмүк Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт саайтыгар тахсыаҕа.
Дьүүллүүр сүбэ