Олоҥхо киһи сирдээҕи аналын туһунан өйдөбүлү биллэрэр, киһи кыаҕын, үтүөтүн уруйдуур, уран тылга уһуйар, күүстээх санааны күөдьүтэр, эрэл эрчим санааны иҥэрэр ураты тыыннаах айымньы буолар. Олоҥхону дириҥник, араас хайысхалаахтык үөрэтии уонна ону үөрэх ситимигэр олохтоохтук киллэрии билиҥҥэ кэмҥэ суолталаах сорук быһыытынан турар.
С.Н.Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт Олоҥхо декадатын чэрчитинэн бу дьыл сэтинньи 18-21 күннэригэр учууталларга, эбии үөрэхтээһин педагогтарыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхону үөрэтиигэ ураты ньыманы туттуу» күрэһин тэрийэн ыытта.
Күрэс ыытыллыытын тоҕоостооҕо үөрэх бырагырааматынан оскуолаҕа олоҥхону үөрэтии ситимэ бигэтик, тиһиктээхтик олохтоммутунан буолар.
Күрэс сүрүн сыала – норуот үйэлэргэ муспут муудараһа түмүллүбүт айымньытын, олоҥхо көмөтүнэн сиэрдээх майгылаах, олоххо бэлэмнээх киһини (үөрэнээччини) үөрэтэн-иитэн таһаарарга ураты ньыманы, араас албаһы туттуу.
Күрэскэ Амма, Ньурба, Уус Алдан, Кэбээйи, Орто Халыма, Өлүөхүмэ, Хаҥалас, Үөһээ Дьааҥы, Таатта, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан барыта 41 сайаапка киирэн 46 кыттааччы уопуттарын тарҕаттылар. Кыттааччылар састааптара: саха тылын уонна литературатын учууталлара, эбии үөрэхтээһин педагогтара, куруһуок-устуудьуйа салайааччылара, араас биридимиэт(уруһуй, технология, история уонна обществознание, физкультуура, нуучча тылын уонна литературатын) учууталлара, дьыссаат иитээччилэрэ.
Кыттааччылар олоҥхону ааҕарга үөрэнээччини угуйуу кистэлэҥнэрин, олоҥхо тылын-өһүн ситимнээх саҥаҕа, саҥарар саҥаҕа, сурукка туттууну (киллэриини), чинчийэр үлэтин тэрийиини, куйаар ситимин олоҥхону үөрэтиигэ туһаныы, олоҥхо иитэр күүһүн туһунан, олоҥхо өйдөбүллэрин атын биридимиэти кытта алтыһыннаран сүрдээх интэриэһинэй, ураты, сонун, дириҥ ис хоһоонноох үлэлэрин сырдаттылар.
Кыттааччыларга эр дьон учууталлар, бүтүн оскуоланан (Тааһаҕар орто оскуолата, Бүлүү улууһа), хоту улуус учууталлара кыттыбыттара олус хайҕаллаах.
Күрэс хамыыһыйатыгар Үөрэҕи сайыннарар уона идэ таһымын үрдэтэр институт филологияҕа кафедратын үлэһиттэрэ Липатова С.А., Ядрихинская Ф.В., Олоҥхо тыйаатыра, Научнай-методическэй уонна тас сибээскэ үлэҕэ Олоҥхо киинин сүрүннүүр үлэһитэ Флегонтова У.М., «Сыл бастыҥ уһуйааччы-2023» I өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ «Эйгэни тэрийээчч» анал аат кыайыылааҕа В.Н.Старкова 4 күн устата кыттааччылар уопуттарын иһиттилэр, сыаналаатылар.
Сыаналыыр хамыыһыйа кыттааччы уопута билиҥҥи кэмҥэ тоҕоостооҕун, «ураты буочарын», туттар ньыматын үөрэтии-иитии ис хоһоонугар хайдах быһыылаахтык киллэрэн, алтыһыннаран үөрэтэригэр болҕомто уурда. Күрэс кыттааччыларын уопуттарын истэн, үлэлэрин көрөн баран сыаналыыр хамыыһыйа маннык түмүгү таһаарда.
Күндү учууталлар, эбии үөрэхтээһин педагогтара, күрэс кыттааччылара кэлэр кэскилбит туһугар олоҥхо иитэр кыаҕын толору туһанан, үөрэтии хаачыстыбата тупсарыгар, байарыгар тус кылааккытын киллэрэн таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаргытыгар махтанабыт!
Олоҥхобут төрөөбүт дойдуга тапталы, аймах дьон көҥүллэрин көмүскүүрү ытык иэс курдук өйдүүрү иитэр-үөрэтэр, сырдыкка ыҥырар, инникигэ эрэли үөскэтэр айымньы буолара саарбахтаммт.
Туоһу сурук, диплом электроннай аадырыстаргытыгар ыытыллар.
Сыаналыыр сүбэ